Сэтинньи 25 күнэ — Олоҥхо күнэ

Сэтинньи 25 күнэ — Олоҥхо күнэ

 «Олоҥхо эгэлгэлээх эйгэтэ»

 Олоҥхо — саха омук былыргы дьыллар быыстарыттан сырдык уонна хараҥа, айыы уонна абааһы аймахтара утарыта турууларын, күрсүүлэрин туһунан уостан уоска бэриллэн кэлбит уус-уран айымньыта. Олоҥхо киһи өркөн өйүн, күүһүн күдэҕин кыаҕынан айыы аймаҕын күөмчүттэн көмүскүүр үрдүк аналын хоһуйар.

 2005 сыллаахха сэтиньи 25 күнүгэр, ЮНЕСКО олоҥхону аан дойду култууратын биир саамай чаҕылхай шедеврынан биллэрбитэ. Ол курдук, бу күннэргэ Олонхо декадатын чэрчитинэн, олоҥхону киэҥ араҥаҕа тарҕатар, үйэтитэр соруктаах Депутатскай киин библиотекатыгар «Олоҥхо эгэлгэлээх эйгэтэ» диэн биир ааттаах кинигэ быыстапката уонна стенд оҥоһуллан сэтинньи 24 күнүттэн саҕалаан  ахсынньы 5 күнүгэр диэри туруоҕа.

Эһиги иннигитигэр: П.А.Ойунскай «Ньургун Боотур стремительный» диэн нууччалыы переводтанан тахсыбыт кинигэтин көрдөрүүгэ таһаардыбыт. Эмиэ бу олонхону, Д.В. Кривошапкин «Гулкөкөдди Нюргун Ботур» диэн эбээннии тылбаастаан таһаарбыт кинигэтин ааҕааччы киэн араҥатыгар уурдубут.

Салгыы «Олоҥхо ыһыаҕа» диэн ааттаах дьэрэкээн өҥнөөх, ойуулаах улахан кинигэ уурулунна. Манна олоҥхо ыһыаҕа урут уонна билигин ханна, хайдах ыытылларын туһунан суруллубут, аатырбыт олоҥхоһуттар тустарынан сиһилии кэпсэммит, хаартыскаларынан ситэриллибит.

Өссө биир дьэрэкээн ойуулаах кинигэннэн Петр Оготоев «Элэс Боотур» олоҥхотун кинигэтэ уонна Иннокентий Пестряков кини олоҥхотугар анаан оҥорбут иллюстрацияламмыт открыткалара буолаллар.

Урукку кэмҥэ тахсыбыт кинигэлэртэн эмиэ көрдөрүүгэ таһаарылыннылар: Н.В.Емельянов «Сюжеты якутских олонхо» диэн олонхону сиһилии ырыппыт суруйуулара. Кинигэ ааҕааччыга аналлаах бэлиэтээһиннэрдээх уонна тылдьыттарынан хааччыламмыт буолан тиэкистэри кытта ордук дириҥник билсэргэ көмөлөһүөҕэ.

«Куруубай хааннаах Кулун Куллустуур» диэн олонхону олоҥхоһут Иннокентий Гурьевич Тимофеев-Теплоухов бэркэ диэн ааҕар этэ. Ол олоҥхо «Строптивый Кулун Куллустуур» диэн ааттанан кинигэҕэ тиһиллибитин нууччалыы, сахалыы тылынан ааҕыахха сөп.

Саха эпоһын биир бастыҥ уобараһа «Кыыс дэбилийэ» -дьахтар бухатыырдар тустарынан остуоруйалар тииптэригэр сыһыаннаах кинигэ 1993 сыллаахха бэчээттэнэн грампластинка сыһыарыылаах тахсыбытын ылан көрүөххэ сөп.

Ааҕааччылары, кэлэн көрөн-сэргээн, билиилэрин хаҥатан баралларын күүтэбит.