Быйыл тохсунньу 26 күнүгэр Усуйаана улууһун бочуоттаах олохтооҕо, дэгиттэр таллааннаах, айар үлэ эйгэтин үлэһитэ Ирина Васильевна Абрамова үбүлүөйдээх 75 сааһын туолла.
Ирина Васильевна Абрамова Усуйаана улууһун, Тумат бөһүөлэгэр тохсунньу 26 күнүгэр 1949 сыллаахха төрөөбүтэ.
1967 сыллаахха Хаһааччыйа орто оскуолатын бүтэрэн, Тумат нэһилиэгин тыа культуратын дьиэтигэр үлэтин саҕалаабыта. 1969 сыллаахха Дьокуускайдааҕы культурнай – сырдатар училищеҕа, үҥкүү отделениетыгар үөрэнэ киирибитэ. Онно үөрэнэр сылларыгар «Сарыал» ырыа – үҥкүү ансамбыл кыттыылааҕа этэ.
1972 сыллаахха үөрэҕин ситиһиилээхтик бүтэрэн Мэҥэ – Хаҥалас улууһугар ананан Лоомтука сэлиэнньэтигэр, тыа культуратын дьиэтигэр уус –уран салайааччынан үлэлээн барбыта.
1985 сыллаахтан Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын техникумун педагог – тэрийээччи, уус – уран салайааччы быһыытынан отуттан тахса сыл айымньылаахтык үлэлээн кэллэ.
Биһиги биир дойдулаахпытын Ирина Васильевнаны улахан энтузиаст, патриот, настаабынньык, общественник, үчүгэй салайааччы быһыытынан билэбит. Ол курдук, кини техникум иһинэн устудьуоннарга, коллективка анаан: «Саһарҕа», «Сэгэлдьийэ», «Сыдьаайа» ырыа, хомус, үҥкүү ансамбылларын тэрийэн, ситиһиилээхтик салайбыта.
Кини сүрүн үлэтиттэн ураты куруук элбэх общественнай үлэнэн дьарыктанара. 1992 сылтан ыла Республикатааҕы «Оһуохай» обществотын тэрийээччилэриттэн биир бастайааннай чилиэнэ буолар. 1996 сылтан ыла Усуйаана улууһун солбуллубат землячество председателэ.
1998 сыллартан саҕалаан эбии общественнай үлэннэн дьарыктаммыта. Ол курдук, «Надежда» клуб сэбиэдиссэйинэн, Дьокуускай куорат Сэбиэтин, Аҕа дойду улуу сэриитин, үлэ ветераннарын куораттааҕы Сэбиэтин, Дьокуускай куорат Автодорожнай уокуругун Сэбиэтин чилиэннэринэн үлэлээбитэ.
2017 сылтан «Оһуохай» общественнай тэрилтэ иһинэн «Көмүс саастар» ырыа – үҥкүү ансамбылын тэрийбитэ. 16 сыл устата Мэҥэ – Хаҥалас, Төҥүлү сэлиэнньэтигэр «Оһуохай» обществотыгар куратордаата. 2019 сылтан Республикатааҕы «Оһуохай» обществотын тэрийээччитинэн сылдьар.
Ирина Васильевна 2002 с. төрөөбүт Туматыгар кэлэ сылдьан балаҕан туттарбыта уонна онно анаан хоһоон суруйбута. Кини элбэх хоһооннордоох, ырыалардаах.
Өр сыллаах уонна үтүө суобастаах үлэтин иһин элбэх Бочуотунай грамоталарынан уонна бэлиэлэринэн бэлиэтэннэ.
Биһиги биир дойдулаахпытын, Ирина Васильевнаны 75 сыллаах үбүлүөйүнэн эҕэрдэлээн туран айымньылаах үлэни, чэгиэн доруобуйаны баҕара хаалабыт.
Награды:
- Отличник культуры РС (Я) 2002 г.
- Заслуженный работник культуры РС (Я) 2006 г.
- Почетный работник культуры и искусства Усть – Янского улуса
- Юбилейный медаль к 100 – летию профсоюза работников культуры России
- «За вклад развития культуры и искусства Мегино – Кангаласского улуса»
- Знак отличия «Гражданская доблесть»
- Член союза мелодистов РС (Я)
- Отличник с/х РС (Я)
- Почетный ветеран с/х РС (Я)
- Почетный ветеран с/х техникума к 100 – летию РС (Я)
- Почетный ветеран РС (Я)
- Почетный гражданин п. Тумат, Усть – Янского улуса
- Почетный гражданин Усть – Янского улуса
- Юбилейный знак к 85 – лет образования Аллаиховского улуса
- Юбилейный знак к 375 –летию г. Якутска;
- Юбилейный знак к 385 –лет Якутии с Россией
- Юбилейный знак 100 – летию министерства с/х РС (Я)
- Юбилейный знак «390 лет основания г. Якутска»
- Юбилейный знак г. Якутска «Ысыах Туймаады 25 лет»
- «За вклад развития культуры Туматский национальный наслег»
- Памятный знак за активное участие в ветеранском движении г. Якутска
- Серебряный знак «Благодарность за вклад развития Республики» вице-Президента Республики Саха (Якутия)
Занесена в книгах РС (Я)
- Энциклопедия культуры и искусства Якутии 2011 г.
- Трудовая слава Якутии 2010 г.
- «2000 добрых дел» Ысыах Туймаады г. Якутск
- «Усть – Янский улус – 85 лет»
- Век во благо села – ЯСХТ 2018 г.
- «Останутся в памяти потомков» 2010 г. 65 лет Великой Победы
- 30 лет «Общество Осуохай» 2017 г.