Усуйаана оройуонун кэрэ аҥардарын барыларын Аан дойду дьахталларын күнүнэн эҕэрдэлиибит!

Кулун тутар 8 кунугэр, Аан дойду дьахталларын кунугэр аналлаах «Үлэ-албан аат суолунан» информационный стенд тэрилиннэ. Стенда бочуоттаах Усуйаана олохтоохторугар: Социалистическай Үлэ Геройа – Аммосова Матрена Ивановнаҕа уонна Депутатскай бастакы депутата Лебедева Мария Владимировнаҕа аналлаах.

 

Матрена Ивановна Аммосова кулун тутар 12 күнүгэр 1930 сыллаахха Усуйаана оройуонун Силээннээх нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Үлэтин сэрии сылларыгар доярканнан саҕалаабыта.

1953 сыллаахха колхоз звероферматыгар үлэлээбитэ.

1961 сыллааахха зверовод кууруһун бүтэрбитэ.

1966 сыллаахха М.И.Аммосова  бэйэтин иннитигэр өссө күүстээх, улахан көрдөрүүлээх сыалы-соругу туруоруммута, оччотугар 24 төрүөх кырсаттан 255 оҕолору ылбыта.

Биэс сыл устата үрдүк таһаарыылаахтык үлэлээн 1072 кырса төрүөҕү ылбыта. Саамай көрдөрүүлээх сылынан – 1965 сыл этэ. Ити сылга кини государствоҕа күөх кырса тириитин 17 тыһыынча солкуобайга туттарбыта.

Верховнай сэбиэт Президиумун укааһынан кулун тутар 22 күнүгэр 1966 сыллаахха М.И. Аммосоваҕа Социалистическай үлэ геройун аатын иҥэрбиттэрэ, Ленин орденынан уонна « Серпь уонна Молот»  кыһыл көмүс мэдээлинэн наҕараадаламмыта.

М.И.Аммосова отчуоттуур быыбар мунньаҕар оройуоннааҕы партийнай конференция делегатынан талыллыбыта.

1972 сыллаахха М.И.Аммосова «Силээннээх» совхоһун саһыл ферматыгар салгыы старшай звероводунан үлэлээбитэ.

Усуйаана оройуонун бочуоттаах олохтооҕо.

Матрена Ивановна Аммосова саһыл ферматыгар. Силээннээх 1972 сыл.

 

Социалистическай Үлэ Геройа Аммосова Матрена Ивановна кэргэнин

 

Томскай Иннокентий Гаврильевиһы кытта.

Мария Владимировна Лебедева Силээннээх нэһилиэгэр 1916 сыллаахха төрөөбүтэ. Бииргэ төрөөбүттэр төрдүө этилэр (Үөһээ Дьааҥыттан төрүттээх Рожиннар буолаллар).

Мария Владимировна Сайылык бөһүөлэгэр бука бары билэр уонна убаастыыр киһилэрэ этэ. Кини кэргэнинээн аҕыс оҕону ииппиттэрэ. Ити иһин кини «Ийэ Албан аата» 2 уонна 3 степеннээх орденнарынан наҕараадаламмыта.

Мария Владимировна элбэх оҕолоох ийэ быһыытынан буолбакка, төрөөбүт хаһаайыстыбатын сайдыытыгар кырата суох сыратын биэрбит бэртээхэй үлэһит быһыытынан эмиэ биллэр, убаастанар.

Мария Владимировна үлэҕэ биографията эрдэ саҕаламмыта. Биһиги улууспутугар коллективнай хаһаайыстыбалар уонна табаарыстыбалар 20-с сыллар бүтүүлэригэр бэриллибиттэрэ.

1932 сыллааахха Мария 16 саастааҕар «Ыччат ыллыга» табаарыстыба толору бырааптаах чилиэнэ буолбута, аҕа саастаах дьону кытта тэҥҥэ үлэлиирэ.

Аҕа дойду Улуу сэриитэ саҕаламмытыгар эдэркээн кыыс баҕа өттүнэн сылгыһытынан үлэлии барбыта. Кыайыы өрөгөйдөөх сылын кэннэ Мария Владимировна аан бастакы правительственнай наҕараадатын 1941-1945 с.с. «Аҕа дойду Улуу сэриитигэр килбиэннээх үлэтин иһин» мэтээл ылбыта.

Мария Владимировна сельскай сэбиэт депутатынан 8 төгүл талыллыбыта.

Аан бастакы быыбар Депутатскайга  1953 сыллаахха буолбута. Олунньу 23 күнүн 1953 сылыгар нэһилиэк сэбиэтин депутатын 5 нүөмэрдээх дастабырыанньатын туттарбыттара.

Мария Владимировна ураты суобастаах үлэтин иһин 6 мэтээлинэн, бочуоттаах бэлиэлэринэн, элбэх ахсааннаах бочуотунай грамоталарынан наҕараадаламмыта.

 

Наҕараалара:

  1. Медаль «За доблестный труд в ВОВ 1941-1945 гг.» (02.12.47 г.);
  2. Медаль материнства 2 степени (17.08.1950 г.);
  3. Медаль «За доблестный труд в ознаменование 100-летия со дня рождения В.И. Ленина» (26.03.1970 г.);
  4. Орден «Материнская Слава» 2 степени;
  5. Орден «Материнская Слава» 3 степени (23.04.1957 г.);
  6. Медаль «30 лет Победы в ВОВ 1941-1945 гг.» (04.10.1975 г.);
  7. Медаль «40 лет Победы в ВОВ 1941-1945 гг.» (05.05.1385 г.).