Сайылыкка тахсыы
Сайылыкка тахсыы былыргы сахаларга эмиэ бырааһынньык курдук буолара. Сайылык дьиэни көһөн кэлэн баран аһаталлара. Алаадьы сииллэрэ, ыам балыгын буһараллара, үөрэллэрэ, сыһыктарын хостууллара. Тэлгэһэлэригэр тахсан күөх окко төгүрүччү түөлбэннэн олорон аһыыллара. Кыракый мас сыыһынан, сүөһү киитинэн уот оттон титииктэрин аһаталлара, алгыыллара:
Сүһүөхтээҕи бүдүрүтүмэ,
Эгэннээҕи тэмтэритимэ,
Ураа муостааҕыҥ уһаатын,
Хоноҕор муостааҕыҥ хотойдун,
Ньирэйиҥ мэҥирээтин,
Ынаҕыҥ маҕыраатын,
Атыыр оҕуһун айаатаатын,-
Диэн, итинтэн да атыннык араас иис хоһоонноохтук көрдөһөн титиик иччитин, эбэ иччитин алгыыллара. Сайылыкка тахсыыга оҕо аймах барахсан ордук үөрэрэ-көтөрө.