ЧАҔЫЛХАЙ СУЛУСТАРЫ КЫТТА ИСТИҤ КӨРСҮҺҮҮ

Муус устар 3 күнүгэр Депутатскай бөһүөлэгин олохтоохторугар, оройуоннааҕы киин библиотека ааҕар саалатыгар уонна кыраайы үөрэтэр түмэлгэ умнуллубат истиҥ көрсүһүү буолан ааста. Тэрээһин бочуоттаах ыалдьыттарынан хоту дойду аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттарын чаҕылхай сулустара: СР культуратын туйгуна, СР культуратын үтүөлээх үлэһитэ, үлэ ветерана, эбээн норуотун дэгиттэр талааннаах самородога – Максим Дуткин уонна юкагир норуотун кыһыл көмүс куоластааҕа Ирина Дускулова буоллулар.

Бу күн бастакы аҥарыгар, биһиги ыҥырыылаах дьоммутун киин библиотека иһинэн кыраайы үөрэтэр «Наследие» түмэлигэр экскурсияҕа сырытыннардыбыт. Кинилэргэ экскурсовод Усуйаана оройуонун историятын, олорон, үлэлээн ааспыт биир дойдулаахтарбыт туһунан кэпсиир маллары, докуменнары, хаартыскалары сиһилии кэпсээн билиһиннэрдэ.

Күммүт иккис аҥарыгар, библиотека ааҕар саалатыгар олохтоохтору кытта көрсүһүү буолла. Тэрээһиҥҥэ мустубут дьону, автор Максим Дуткин «Осикат» ырыатынан Депутатскай оскуолатын «Осикат» фольклорнай бөлөҕүн оҕолоро (салайааччы Л. Устинова) эҕэрдэлээтилэр.

Ыалдьыттарбыт бэйэлэрин айар үлэлэрин бэрт интэриэһинэйдик кэпсээтилэр, көрдөрдүлэр, боппуруостарга эппиэттээтилэр. Онон сулустарбыт тустарынан үгүс элбэҕи биллибит, сэргээтибит.

Максим Дуткин бэйэтэ «Нечэ хечэ» диэн ааттаах бастакы автобиографическай хомуурунньугун билиһиннэрдэ. Кинигэҕэ кини ноталаах эбээннии ырыалара QR кодтаах таҥыллан оҥоһуллубуттар, ону сэргэ хоһоонноро эбээннии, сахалыы, нууччалыы тылларынан суруллан киирбиттэр. Салгыы кини авторскай ырыаларын, горловой ырыалары хайдах толорорун ыллаан иһитиннэрдэ, эбээннии «Һээдьэни» көрдөрдө. Автор кэлбит дьоҥҥо уонна киин библиотекаҕа аадырыстаан бэйэтин кинигэлэрин бэлэх уунна.

Оттон Ирина Дускулова кэрэ куолаһынан юкагирдыы ыллаата, «Лондо» үҥкүү хамсаныыларын көрдөрдө уонна саҥа тахсыбыт ырыа сборнигын библиотекаҕа бэлэхтээн хаалларда.

Түмүккэ, олохтоохтор истиҥ көрсүһүүнү бэлэхтээбит күндү ыалдьыттарбытыгар махтал тылларын эттилэр уонна уопсай хаартыскаҕа түһүү буолла.

Бу курдук, тэрээһиммит итии чэйдээх остуол тула, истиҥ – иһирэх кэпсэтиилээх сэргэхтик ааста.