«Хомус алыптаах дорҕооно»
Саха сиригэр сэтинньи 30 күнүгэр хомус күнэ бэлиэтэнэр. Бу бырааһынньык-хомус былыргы культурнай үгэстэрин уонна аан дойду хомус билиниитин бэлиэтэ. Бу күн 1990 сыллаахха Дьокуускайга Аан дойду норуоттарын хомусчуттарын түмэлэ уонна киинэ аһыллыбыта, манна 55 дойдуттан музыкальнай инструменнар түмүллүбүттэр.
Хомус (варган) — 5 тыһыынчаттан тахса саастаах былыргы музыкальнай инструмент буолар. Төһө да кыра кээмэйдээх буоллар, айылҕаттан айдарыылаах дорҕооннору таһаарарга кыаҕы биэрэр.
Депутатскай киин библиотекатыгар хомус күнүгэр аналлаах декада чэрчитинэн сэтинньи 28 күнүттэн ахсынньы 2 күнүгэр диэри «Хомус алыптаах дорҕооно» диэн ааттаах кинигэ быыстапката аһылынна.
Бу сүүмэрдээһиҥҥэ музыкальнай инструмент төрүттэммит историятын, ураты техникатын, оонньуур ньымаларын уонна тус уратыларын туһунан кинигэлэри ааҕыахха сөп. Ол курдук маннык кинигэлэри билиһиннэрэбит: «Памятники фольклора народов Сибири и Дальнего Востока», Н.Берестов сыһыарыылаах хрестоматияларын, К.Д.Уткин, К.Е.Гагарина «Саха уус удьуора», С.С. Шишигин «Играйте на хомусе», «Голосистый якутский хомус» уонна да атын кинигэлэр.
Кинигэ быыстапкатыгар кэлээччилэри күүтэбит!