Эһиги болҕомтоҕутугар, буойун суруйааччы Тимофей Сметанин «Егор Чээрин» сэһэнин кытта билиһиннэрэбит. Сэһэн 1947 сыллаахха тахсыбыта.Улахан уонна орто саастаах оскуола оҕолоругар аналлаах. Кинигэ сахалыы, нууччалыы тахсыбыта. Литературоведтар бэлиэтииллэринэн сэһэн бойобуой тыынынан уонна оптимистическай настройунан улуу нуучча суруйааччыта А. Твардовскай «Василий Теркин» поэматын санатар.
Бу сэһэнинэн киинэ уһуллубутун көрбүт буолуохтааххыт. Киинэ сценарийа кинигэтинэээҕэр атын соҕус. Онтон сэһэнин бэйэтин ааҕар өссө ордук интэриэһинэй буолуо.
Сметанин, Тимофей Егорович. Егор Чээрин: [сэһэн] / Тимофей Сметанин. – Дьокууускай: Айар, 2021. – 64 с.
Бу фронтовик-суруйаааччы ааҕааччы кутун туппут чаҕылхай айымньыта. Сэһэн ускуустуба атын көрүҥэр «Рядовой Чээрин» диэн уус-уран киинэ буолан саҥалыы тыыннанна. Киинэ хайдах уһуллубутун туһунан видеолары, хаартыскалары @ cheerin_film Инстаграм сирэйигэр көрүөххүтүн сөп. Ону таһынан кинигэ кэннигэр баар QR-код киинэ трейлеригэр сирдиир.
«Рядовой Чээрин» киинэҕэ 1943 сыл көстөр. Хас даҕаны ыйдаах сэрии кэнниттэн майор Беляев батальонун улахан аҥаара тыына быстар. Лейтенант Лобода ньиэмэс снайпердарыгар утарылаһар кыаҕа суоҕун туһунан дакылааттыыр. Кинилэргэ көмөҕө кэлбит холуонна өстөөх күүстээх атаакатыгар түбэһэн, аҕыйах саллааты кытта Саха сириттэн сылдьар булчут Егор Чээрин эрэ ордор. Онуоха Лобода Егор Чээрини снайпер оҥорон бэрэбиэркэлииргэ быһаарынар. Чээрин бастакы сырыыттан бэйэтин көрдөрөн, ньиэмэс утары хааннаах киирсии хаамыытын уларытар.
Күндү ааҕааччыларбытын кэлэн уларсан оҕолоргутун кытта ааҕаргытыгар ыҥырабыт!