Сэтинньи 8 күнэ – Багдарыын Сүлбэ төрөөбүтэ 95 сыла

 

Иванов Михаил Спиридонович (Багдарыын Сүлбэ) — учуонай-топонимист, общественнай деятель, биллиилээх кыраайы үөрэтээччи, уһуйааччы, Саха АССР оскуолаларын үтүөлээх учуутала. Кини уһулуччулаах талааннаах, бэйэтин норуотун баай духуобунай үгэстэрин харыстыыр муударай, төрөөбүт тылы чөлүнэн хаалларыыга, харыстааһыҥҥа уонна популяризациялааһыҥҥа олоҕун бүтүннүүтүн анаабыт киһи буолар.

Олоҕун олуктара:

Михаил Спиридонович 1928 сыллаахха сэтинньи 8 күнүгэр Ньурба улууһун I Ньурба нэһилиэгэр төрөөбүт.

1945 с. — Бүлүүтээҕи педучилищены бүтэрбит.

1955 с. — Дьокуускайдааҕы пединституту бүтэрбит. Пединститукка үөрэнэр сылларыгар эдэр суруйааччы Афанасий Федоровы, пединститут студена Василий Яковлевы (Далан) кытары антисоветскай агитацияны ыыттылар диэн хаайылла сылдьыбыта. Уус-Маайатааҕы Бриндакит бириискэтин шахтатыгар кыһыл көмүһү хостооһуҥҥа үлэлээбитэ. Ол эрээри кини мантан сынтарыйбатаҕа, хата эбии кииллийбитэ, буспута-хаппыта, санаата сайдыбыта.

1958—1974 сс. — Бүлүүтээҕи педучилищеҕа директордаабыта, үгүс көлүөнэ учуутал дьону үөрэхтээбитэ, ииппитэ-такайбыта. Манна үлэлиир сылларыттан Саха сирин араас сирдэрин ааттарын үөрэтиинэн научнай хайысхалаахтык дьарыктанар. Саха сирин бүтүннүүтүгэр кэриэтэ уонна Магадан, Амур, Чита, Иркутскай уобаластарыгар, Хабаровскай, Красноярскай кыраайдарга сахалар олорбут сирдэригэр сылдьан мунньубут, отуттан тахса сыллаах үлэтин түмэн топонимистикаҕа сыһыаннаах уонча кинигэни бэчээттэппитэ норуокка киэҥник биһирэнэр.

1974—1982 сс. — учууталлары сайыннарыы Институтын историяҕа уонна обществоведениеҕа кабинетын сэбиэдиссэйэ.

1982—1983 сс. — Дьокуускайдааҕы кинигэни таптааччылар обществоларын тэрилтэтин методист-инструктора.

1983—1986 сс. — младшай научнай үлэһит.

1986—1991 сс. — научнай үлэһит.

1991—2003 сс. — гуманитарнай чинчийии Институт тыл үөрэҕин салаатын старшай научнай үлэһитэ, грамматика уонна диалектология салаатын старшай научнай үлэһитэ.

 

2004 сылтан — үлэнэн ситиһиллибит сынньалаҥар олорор.

2005 сыллаахха үгүс сыралаах үлэтин иһин «Гражданская доблесть» диэн уһулуччу бэлиэнэн наҕараадаламмыт.

2017 сыллаахха олохтон туораабыта.

Багдарыын Сүлбэ кэрэхсиир эйгэтэ киэҥ: саха оҕотун саҥатын түмэн хас да кинигэни суруйбута, Саха Сиригэр репрессия аҕалбыт алдьархайын киэҥник арыйар икки кинигэлээх, Саха Сирин топонимикатыгар үгүс научнай уонна научно-популярнай кинигэлэри суруйбута.

Сүрүн айымньылара:

  • «Атах туппай». — Дь., 1967.
  • «Мэҥэ ааттар». — Дь., 1979.
  • «Дойду сурахтаах, алаас ааттаах». — Дь., 1982.
  • «Сири сиксигинэн». — Дь., 1985.
  • «Топонимика Якутии. Краткий научно-популярный очерк». — Якутск, 1985.
  • «Ис иhигэр киирдэххэ» — Дь., 1989.
  • «Олох долгуна». — Дь., 1992.
  • «Аал уоту оттунан». — Дь., 1992.
  • «Ыал ийэтинэн». — Дь., 1994.
  • «Үс… Сэттэ… Тоҕус…». — Дь.: 1998. — 192 с.
  • «Топонимика Якутии: краткий научно-популярный очерк». — Изд. 2-е, испр. и доп. — Якутск, 2004.
  • «Топонимика Якутска и его окрестностей» // Город Якутск: история, культура, фольклор. — Якутск: «Бичик», 2007.
  • «Cири-халлааны кыйа анааран». — Дь., 2008. — 288 с.
  • «Аатта тал». — Дь.: «Бичик», 2011.
  • «Улуустар ааттара». — Дь.: «Бичик», 2001.
  • «Түгэх өбүгэлэр». — Дь.: «Бичик», 2011. — 256 с.

Бу күн оройуоннааҕы киин библиотека ааҕар саалатыгар ааҕааччыларбытыгар анаан «Сэтинньи 8 күнэ – Багдарыын Сүлбэ төрөөбүтэ 95 сыла» диэн ааттаах кинигэ быыстапкатын көрдөрүүгэ туруордубут. Манна Багдарыын Сүлбэ араас сылларга тахсыбыт кинигэлэрин көрүөххэ сөп. Быыстапка бу нэдиэлэ устата туруоҕа.

 

Туһаныллыбыт матырыйааллар:

https://new.nlrs.ru/news/11943

https://sah.wikipedia.org/wiki/Багдарыын_Сүлбэ

https://edersaas.ru/bagdaryyn-sylbe/