СЭТИННЬИ 30 КҮНЭ — ХОМУС КҮНЭ

Хомус эбэтэр варган — аан дойду норуоттарыгар, Хотугу Америка, Европа уонна Илин Азия норуоттарыгар тиийэ тарҕаммыт былыргы музыкальнай инструмент. Билиҥҥи туругунан бу музыкальнай инструмент 160-тан тахса көрүҥэ биллэр. Хас биирдии норуокка хомус араастык ааттанар: варган, комус, камыс, губыз уонна да атыттар.
Ол эрээри, саха курдук, хомуһу өрө туппут омук суох. Саха хомуһа тыаһа ырааһынан, тыына уһунунан аан дойдуга аатырыан аатырар. Кини ураты оҥоһуутугар, матырыйаалыгар, форматыгар болҕомто ууруллар. Саха норуотугар хомус көрүҥнэрэ: хомус, хамыс, тимир хомус, кулуһун хомус, мас хомус, уҥуох хомус, муос хомус, аарыктаах хомус, хоболоох хомус, икки тыллаах хомус.


Эһиэхэ, ааҕааччыларга анаан «Тыыннаах айылҕа дорҕоонунан» диэн кинигэ быыстапкатын кытта билиһиннэрэбит. Быыстапкаҕа көрүҥ, Герман, Клавдия Хатылаевтар таһаарбыт «Төрүт дорҕоон» кинигэлэрин, К.Д. Уткин «Голосом живой природы»,С.С. Шишигин «Играйте на хомусе» уонна да атын пособиелары, хрестоматиялары көрүҥ, ааҕыҥ, сэргээҥ!
                                                                            Барыгытын хомус күнүнэн!