Усуйаана оройуонун киин бибилэтиэкэтигэр буолбут төрөөбүт төрүт тыл күнүгэр аналлаах Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Сахалыы дьыктаан» түмүктэннэ.
Төрөөбүт төрүт тыл күнүгэр аналлаах өрөспүүбүлүкэтээҕи «Сахалыы дьыктаан» суруйуутугар уопсайа 10 киһи кытынна. Дьыктааҥҥа култуураҕа, үөрэхтээһиҥҥэ, дьыала-куолу тылыгар уонна да атын үлэ араас салаааларыгар үлэлиир үлэһиттэр, тэрилтэ салайааччылара кыттыбыттара олус кэрэхсэбиллээх. Ол курдук суруйуу түмүгүнэн кыайыылаахха: «Бастыҥтан бастыҥ суруксут» аат иҥэрилиннэ, ону таһынан «Бастыҥ суруксут», «Үчүгэй суруксут» диэн ааттар иҥэрилиннилэр, актыыбынай кыттааччыларга «Туоһу суруктар» уонна дьыктааны тэрийэн ыыппыт, аахпыт дьоммутугар «Махтал суруктар» туттарылыннылар.
Бары кыттааччыларга барҕа махталбытын тиэрдэбит!