Биллиилээх государственнай уонна политическай деятель, учуонай, суруйааччы, кыраайы үөрэтээччи, Саха сирин суруналыыһа Василий Васильевич Никифоров- Күлүмнүүр төрөөбүтэ 157 сыла
Ыам ыйын 18 күнүгэр биллиилээх государственнай уонна политическай деятель, учуонай, суруйааччы, кыраайы үөрэтээччи, Саха сирин суруналыыһа Василий Васильевич Никифоров- Күлүмнүүр төрөөбүтэ 157 сылын туолар.
Биһиги библиотекабытыгар суруйааччыга аналлаах Василий Васильевич Никифоров- Күлүмнүүр төрөөбүтэ 157 сылыгар тематическай выставкаҕа кинигэлэр сүүмэрдэннилэр.
Василий Васильевич Никифоров 1866 с. ыам ыйын 18 күнүгэр (с.и.) Саха уокуругун Дүпсүн улууһугар (билиҥҥи Уус-Алдан улууһугар) сэниэ дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Аҕата — Баһылай Никииппэрэп — Дьокуускайдааҕы уезднай училищаҕа үөрэммит киһи — 1840-с сыллар бүтүүлэригэр Дүпсү улууһун суруксута эбит (бэйэтин төрдө — Арҕаа Хаҥалас улууһа).
Василий Никифоров Саха гимназиятыгар үөрэммитэ, онно кини Саха ыччатын политическай сыылынайа П. П. Подбельскай Саха ыччатын ортотугар культурнай- сырдатар үлэ актыыбынай кыттыылааҕа буолбута.
1885 сыл ыам ыйыгар В.В.Никифоров Дүпсүн инороднай управатын суруксутунан талыллыбыта. Тохсунньу 15 күнүгэр 1895 с. Дүпсүн улууһугар аҕа баһылыгынан үлэтин — хамнаһын иһин Станиславскай лиэнтэҕэ үрүҥ көмүс мэтээлинэн наҕараадаламмыта.
1891 сыллаахха Дьокуускайга уобаластааҕы музей аан бастаан үлэлээбитэ. Бу музейы В.В. Никифоров тэрийэн, иилээн-саҕалаан, салайан, музей аһылларыгар бэйэтин кылаатын киллэрбитэ.
1894-1896 сс. В. В. Никифоров Сибиряковскай экспедицияҕа кыттыбыта, «Семейный быт якутов» диэн теманан үлэлии сылдьан Нижегородскай Бүтүн Россиятааҕы быыстапка Сибиирдээҕи салаатын Саха сиринээҕи отделын бэрэстэбиитэлинэн уонна сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ.
1890 — с сыллар бүтүүлэригэр Дьокуускайга саҥа тииптээх норуот библиотеката баар буолбута. Маны барытын В. В. Никифоров тэрийбитэ.
1897 сыллаахха уокуруктааҕы суут секретарын көмөлөһөөччүтүнэн ананар уонна бу дуоһунаска 1899 сыл олунньу ыйыгар диэри үлэлиир.
1899 сыллаахха Дьокуускайга тыа хаһаайыстыбатын уопсастыбата тэриллэр, тэрийээччилэринэн В. В. Никифоров, С. Я. Дмитриев, М. А. Афанасьев, политсыылынай С. Ф. Михалевич уо. д. а. буолаллар.
1906 сыл тохсунньутугар В. В. Никифоров «Сахалар түмсүүлэрин» тэрийэр. «Сахалар түмсүүлэрэ» диэн саха норуотун национальнай — демократическай быраабын уонна көҥүлүн иһин охсуһар политическай хамсаныы этэ.
В.В. Никифоров «Сахалар түмсүүлэрэ» хамсааһынын дьыалатын иһин хаайыыга киирэр. Манна сытан «Манчаары» диэн аатырбыт драматын суруйар. Драма аан бастаан «Саха сирэ» хаһыакка 1907 с. сахалыы тылынан бэчээттэнэн тахсар.
1912 с. Никифоров ыйдааҕы «Саха саҥата» («Голос Якута») сахалыы тылынан сурунаалы таһаарбыта. Кини «Якутские вопросы» либеральнай- демократическай хайысхалаах хаһыат редакторынан үлэлээбитэ, Э. К. Пекарскай «Саха тылын тылдьытын» таһаарарыгар үлэлэспитэ, 1912 с. инородческай съезд тэрийээччитэ уонна кыттыылааҕа этэ.
1918 сыллаахха Саха губерния земскэй управатын председателинэн талыллыбыта, онон кини Саха сирин бастакы талыллыбыт салайааччыта буолар.
1919 с. ахсынньытыгар В. В. Никифоровы Кыһыл Армия Байыаннай- революционнай штаба туппута. Босхоломмутун кэннэ Читаҕа Бурят-монгол управлениетыгар атыы-эргиэн отделын сэбиэдиссэйин быһыытынан үлэлии сылдьыбыта.
1923 сыллаахха Москваҕа В.В.Никифоров РСФСР I-гы тыа хаһаайыстыбатын быыстапкатыгар Саха сиринээҕи отделын тэрийэн үлэлэтиигэ кыттыбыта, сабыллыбытын кэннэ араас Советскай тэрилтэлэргэ үлэлээбитэ.
1923 с. «Жизнь национальностей» сурунаалга В.В. Никифоров «Литературное творчество якутов» диэн ыстатыйата бэчээттэммитэ. Бу ыстатыйа, саха литературатын кириитикэтэ сайдарыгар олук буолбута.
1927 с. балаҕан ыйын 18 күнүгэр В.В. Никифоровы Советскай былаас утары үлэлээх диэн буруйдааннар 10 сылга көҥүлүн быһаллар, хаайыыга каторжнай үлэҕэ бириигэбэрдииллэр. Кини Новосибирскай хаайыытыгар балаҕан ыйын 18 күнүгэр 1928 сыллаахха өлбүтэ.
Василий Васильевич Никифоров-Күлүмнүүргэ аналлаах кинигэ выставкатыгар кэлэн Саха сирин учунайын, государственнай уонна политическай деятелын, суруйааччытын, кыраайы үөрэтээччитин, суруналыыһын туһунан элбэҕи билиэххэ сөп.
Кэлиҥ, сылдьыҥ, ыалдьыттааҥ!