«Күн ийэм барахсан»

Алтынньы 27 күнүгэр оройуоннааҕы кииннэммит библиотека иһинэн үлэлиир ааҕыы саалата уонна оҕо билиотеката Депутатскайдааҕы Культура дьиэтэ тэрийбит ийэлэргэ аналлаах тэрээһинигэр кыттыста. Ол курдук «Күн ийэм барахсан» диэн ийэлэргэ аналлаах сэргэх кинигэ быыстапкатын манна аҕалан туруордулар.

Бу күн элбэх оҕолоох ийэлэр, байыннай дьайыыга кыттар байыастар ийэлэрэ, кэргэттэрэ муһуннулар. Кинилэргэ анаан туһалаах сүбэлэрдээх, дьэрэкээн өҥнөөх саҥа кинигэлэр талыллан кичэллээхтик ууруллубуттар.

Киһи, олох, айылҕа, күн-дьыл эргиирэ дьүөрэлэһиилэрин туһунан Нина Иннокентьевна Протопопова Эдьиий Дора бөлөһүөктээһинин, анаарыытын «Эдьиий» уонна «Эдьиий Дора» диэн кинигэлэргэ суруллубуттара ааҕааччы болҕомтотун тарта.

Маны таһынан кэрэни кэрэхсиир далбар хотуттарга, эдэр ийэлэргэ анаан, түбүктээх үлэттэн уоскулаҥ кэмигэр иис, баайыы, оҕуруо онтон да атын матырыйаалтан бэйэ илии оҥоһуктарын айан-тутан таһаарарга туһуламмыт араас  албастардаах, кистэлэҥнэрдээх, сүбэлэрдээх сурунааллар кэрэ аҥардар сыанабылларын ылла.

«Саха сатаабатаҕа суох»   диэн мээнэҕэ эппэттэр. Кырдьык даҕаны, саха киһитэ былыр-былыргаттан мындыр өйүнэн, ырааҕы көрөрүнэн, айылҕаттан илиитигэр талааннааҕынан биллэр. Саха» национальнай көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа «Саха сатаабата суох» биэриилэрин хас саха ыала  кэтэһэ-манаһа көрөр буолла.  Ыытааччылар Софья Наумова уонна Айталина Константинова биэриилэртэн хомуйан таһаарбыт «Саха сатаабата суох» кинигэлэрэ ааҕааччылары умсугутта. Кинигэ ааптардара: «Баҕар, бу кинигэттэн кыым саҕыллан, ким эмэ кистэнэ сылдьар талаанын арыйыа, айар үлэ абылаҥар ылларыа, саҥа хайысханы баһылыа. Кэрэни айартан, сырдыгы саҕартан, үтүөнү үллэстэртэн ордук туох кэлиэй. Саха сатаабата суох», – диэн этэллэр. Сонун альбом-кинигэ хас биирдии саха ыалын дьиэтигэр остуол кинигэтэ буоларыгар саарбахтаабаккын.

Билиҥҥи кэм дьахтарын уобараһа – иһирэх ийэ, тапталлаах кэргэн, киэҥ билиилээх, үөрэхтээх, кэрэ сэбэрэлээх, сөбүлүүр дьарыктаах, мэлдьи сайдыыга талаһар, туох баар айар-тутар дьоҕурун арыйар, сайыннарар, үгүһү ситиһэр таптыыр идэлээх, үп-харчы өттүнэн тутулуга суох киһи. Кыыс Куо, Далбар Хотун энциклопедияҕа дьиэ кэргэҥҥэ, оҕону иитиигэ, доруобуйаны көрүнүүгэ, үүнүүгэ-сайдыыга, үлэҕэ-хамнаска, дьиэҕэ-уокка, дьону кытта сыһыаҥҥа туһалаах сүбэлэр, эрэсиэптэр, маастар-кылаастар, о. д. а. матырыйааллар түмүллэн киирбиттэр.

Золотые семьи Якутии элбэх сериянан тахсар ураты кинигэ.Кэргэннии буолан 50 сыл бииргэ олорбут Сахабыт сирин кыһыл көмүс пааралара үйэтитиллибиттэр.

Бу тэрээһиҥҥэ кэлэн кыттыбыт ийэлэргэ махталбытын тиэрдэбит!

Күндү ийэлэрбитигэр баҕарабыт: тус олоххутугар дьолу-соргуну, үлэҕитигэр ситиһиилэри, чэгиэн-чэбдик туругу!