Кулун тутар 5 күнэ — Табаһыт күнэ
Былыр-былыргыттан хотугу норуоттар сылга биирдэ улахан атыыга мусталлара. Атыы кэмэ кинилэргэ улахан бырааһынньык буолара. Манна ыраах туундара олохтоохторо көс сирдэриттэн табанан айаннаан кэлэллэрэ, сыллааҕы астарын-танастарын ылыналлара, өр көрсүбэтэх дьоннорун көрсөн үөрэллэрэ-көтөллөрө.
Билигин бу күн – табаһыт күнэ диэн ааттанар.
Табаһыт күнэ — Саха сиригэр 1936 сылтан бэлиэтэнэр бырааһынньык.
Саха АССР Киин ситэриилээх кэмитиэтин (ЦИК) бөрөсүүдьүмэ 1936 сыл атырдьах ыйын 20 күнүгэр сылын ахсын сэтинньи 20 күнүгэр бэлиэтииргэ диэн уураах ылыммыт. 1967 сыллаахха Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин Бөрөсүүдьүмүн ыйааҕынан кулун тутар үһүс баскыһыанньатыгар бэлиэтэнэр буолбут.
Таба күнүгэр эрдэттэн бэлэмнэнэллэрэ, холкуос эбэтэр сопхуос киин уһаайбатыгар транспараан, истиэндэ, эркин хаһыаттарын ыйыыллара, хаартыска быыстапката баар буолара. Бырааһынньык үөрүүлээх мунньаҕынан аһыллара, киэһэ кулуупка кэнсиэр буолара. Нөҥүө күнүгэр таба сүүрдүүтэ уонна атын күрэхтэһиилэр буолаллара, онно атын нэһилиэктэртэн, оройуоннартан ыҥырыылаах ыалдьыттар кытталлара. Ол кэнниттэн үҥкүү (эбээннэргэ — һээдьэ, эбэҥкилэргэ — дэрэдэ) буолара.
https://sah.wikipedia.org/wiki/Табаһыт_күнэ
Бу күҥҥэ Киин библиотекаҕа “Дойдум дьоно” кинигэ быыстапката турда. Ааҕааччыларга анаан улууспут чулуу табаһыттарын туһунан ахтыы кинигэлэри, олохтоох автордар туундара олоҕун туһунан айымньыларын көрдөрүүгэ уурдубут.
Кэлиҥ, сылдьыҥ, дуоһуйа ааҕыҥ!