Былыргыны сэгэтэн көрдөххө, хотугу норуоттар сылга биирдэ улахан атыыга мусталлара. Ол саҕана атыы сэдэх көстүү буолан, хотугу дьоҥҥо улахан бырааһынньыгынан ааҕыллара. Буолумуна даҕаны, сылы быһа хаһаас астара — таҥастара бүтэн, баранан, биирдэ буолар атыыны мүччү туппакка, ыраах туундара олохтоохторо көс сирдэриттэн табанан айаннаан атыы буолар сиригэр кэлэллэрэ, өр көрсүбэтэх дьоннорун көрсөн үөрэллэрэ-көтөллөрө.
Онтон сиэттэрэн, билигин бу күн – табаһыт күнэ диэн ааттанар.
Табаһыт күнэ бырааһынньык Саха сиригэр 1936 сылтан бэлиэтэнэр буолбута.
Холкуос – сопхуос тутулун саҕана, бу күҥҥэ эрдэттэн бэлэмнэнэллэрэ. Кинилэр араас истиэндэ, эркин хаһыаттара, хаартыска быыстапката оҥорор соруктаах буолаллара. Бырааһынньык үөрүүлээх мунньаҕынан аһыллара. Манна үрдүк көрдөрүүлээх үлэһиттэри наҕараадалыыллара, чиэстииллэрэ. Киэһэ өттүгэр кулуупка хайаан да кэнсиэр буолара. Иккис күнүгэр таба сүүрдүүтүн уонна атын күрэхтэһиилэри ыыталлара. Ол күрэхтэһиилэргэ атын нэһилиэктэртэн, оройуоннартан ыҥырыылаах ыалдьыттар кытталлара. Киэһэтин үҥкүү буолара. Холобур, эбээннэргэ — һээдьэ, эбэҥкилэргэ – дэрэдэ.
Саха АССР Киин ситэриилээх кэмитиэтин (ЦИК) бөрөсүүдьүмэ 1936 сыл атырдьах ыйын 20 күнүгэр сылын ахсын сэтинньи 20 күнүгэр бэлиэтииргэ диэн уураах ылыммыт. 1967 сыллаахха Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин Бөрөсүүдьүмүн ыйааҕынан кулун тутар үһүс баскыһыанньатыгар бэлиэтэнэр буолбут.
Бу күҥҥэ киин библиотека «ТАБА КУТТААХ ХОТУГУ ҮЛЭҺИТТЭР» анал быыстапка туруорда. Ааҕааччыларга анаан улууспут чулуу табаһыттарын хаартыскаларын, ахтыы кинигэлэри, олохтоох автордар туундара олоҕун туһунан айымньыларын көрдөрүүгэ уурдубут.
Кэлиҥ, сылдьыҥ, дуоһуйа ааҕыҥ!
ТАБА КУТТААХ ХОТУГУ ҮЛЭҺИТТЭР
-
-
Горохов Иван Николаевич – «Норуоттар доҕордоһуулара» уордьан кавалера, «Килбиэннээх үлэтин иһин» мэтээлинэн наҕараадаламмыта, Саха Республикатын тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ. Олоҕун 60 – тан тахса сылын таба иитиигэр анаабыта. Усуйаана ГУП 2 – с нүөмэрдээх ыстаадатын салайбыта. Кини салайан кэлбит ыстаадата улуус үрдүнэн куруук үрдүк көрдөрүүлээҕинэн биллэр. Социалистическай куоталаһыылар элбэх төгүллээх кыайыылаахтара буолар.
-
-
Голиков Филипп Иннокентьевич – бастыҥ табаһыт уонна булчут.
-
-
Голиков Афанасий Никитович – Тыыл уонна үлэ бэтэрээнэ, Усуйаана оройуонун бочуоттаах олохтооҕо. Республикатааҕы «Гражданскай килбиэнин» бэлиэ хаһаайына. Табаһыт, уопуттаах бэтэринээр.
-
-
Слепцова Елена Спиридоновна – Тыыл уонна үлэ бэтэрээнэ, Саха Республикатын «Үйэ саас» ытык бэлиэтин хаһаайына, Усуйаана оройуонун бочуоттаах олохтооҕо, удьуор табаһыт.
-
-
Томский Семен Николаевич – табаһыт, хас да хоһоон автора.
-
-
Филиппов Ким Никитич – Саха Республикатын государственнай бириэмийэтин лауреата, Республика бочуоттаах олохтооҕо, бастыҥ табаһыт.
-
-
Слепцов Дмитрий Степанович – «Силээннээх» сопхуоһун табаһыта, «Үлэ Кыһыл Знамята» уордьан кавалера
-
-
Слепцов Николай Гаврильевич – колхознай тутуу ветерана, табаһыттартан биир бастакынан «Бочуот Знага» уордьаны ылбыт «Силээннээх» сопхуоһун табаһыта
-
-
Слепцов Михаил Николаевич – «Силээннээх» сопхуоһун табаһыта, 9 № — дээх ыстаада биригэдьиирэ «Үлэ Кыһыл Знамята» уордьан кавалера
-
-
Слепцов Михаил Спиридонович – «Силээннээх» сопхуоһун табаһыта, «Үлэ Албан аат» уордьан кавалера
-
-
Болтунов Климент Арьянович – «Бочуот Знага» уордьан кавалера, табаһыт
-
-
Болтунов Ким Петрович — «Бочуот Знага» уордьан кавалера, табаһыт
-
-
Татьяна Протопова. Хаардаах дойдум ил тыына
-
-
П.Х. Слепцова. Дьүкээбил суһумун анныгар
-
-
И.Г.Климовскай – Ылдьаа Эһээ. Моойторук
-
-
Томскай, Владимир Николаевич. Ахтылҕан
-
-
Федотова, Мария Прокопьевна. Өбүгэлэрим күлүктэрэ
-
-
Томскай, Петр Петрович. Булчут мучумааннара
-
-
Василий Иванович Барабанскай. Туундара тыына
-
-
Омолой нэһилиэгин устуоруйата. Г.А. Куличкин, А.Д. Шараборина
-
-
Барабанскай В. Омолой туундаратыгар
-
-
Тумат нэһилиэгэ: Усуйаана улууһа
Кэлиҥ, сылдьыҥ, кинигэтэ ааҕыҥ!