Климовский Илья Гаврильевич

Климовский Илья Гаврильевич – Эһээ Ылдьаа.

Атырдьах ыйын 5 күнүгэр  1932 сыллаахха Усуйаана оройуонун

Сайылык бөьүөлэгэр

төрөөбүтэ. Сэрии сылларыгар ыарахан олох эрийэн кыайан

үөрэммэккэ хаалбыта. Түөрт кылаас үөрэхтээх. Улуус 70-с

сыллардааҕы чемпион тракториһа. Аҕыс оҕо аҕата, уон

сэттэ сиэн эһэтэ. Үлэ тыыл ветерана. «1941-1945с.с. Аҕа

дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии сылларыгар Килбиэннээх

үлэтин иһин” мэтээллээх. Социалистическай куоталаһыы

кыайыылааҕа, икки значоктаах, маны таьынан элбэх хайҕал

грамоталаах, Силээннээх бөһүөлэгин бочуоттаах

гражданина . Билигин ырыа,  хоһоон Суруйуутунан

дьарыктанар.

Холобура:  «Катюша”  (2004).

“Эн ыраҥ барыта туолбута”  (2005).

Дьикти да куолаһы иһиттим.

Ырыаҕын истибит эрээри,

Бэйэҕин көрбөтөх эбиппин.

Дьэ кордум – астынным, хайҕаатым

Сахалыы ырыаҕын истэммин.

Дьикти да куолаһы иһиттим,

Дьиибэргии, мин сөҕө кэрэхсии

Эдэрбэр түспүттүү сананным,

Мичийэ долгуйа олордум.

Бар дьонун үтүөҕэ ыҥыра

Чуор кэрэ куолаһыҥ кутуллар,

Кыыс курдук элэккэй мичээриҥ

Дууһаҕа уот кыымын саҕардыы.

Дьикти да буолаллар куоластар –

Лыҥкыныы дьиэрэйэ көтөллөр.

Мэлдьитин истиллэр эрээри,

Араастаан иэйэллэр киһиэхэ.