Депутатскайга эбээн тылынан диктант суруйдулар

Депутатскайга эбээн тылынан диктант суруйдулар

Быйылгы Аан дойдутааҕы төрөөбүт тыл күнүгэр аҕыйах ахсааннаах омуктар тылларынан Бүтүн Россиятааҕы IV Этнодиктант тематынан «Фольклорные герои моего народа» диэн буолла. Ол курдук Депутатскай бөһүөлэгин Киин библиотекатыгар эбээн тылынан «Эвэды хонил матал дюгулитэн» диктант суруйдулар. Бу маннык аахсыйа сылын аайы ыытыллар.

Манна диктант эрэ суруйуута буолбакка, саҥа кинигэлэргэ обзор ыытылынна уонна кинигэ быыстапката турда. Ол курдук Россия улуу судаарыстыбатыгар араас омуктар сомоҕолоһон олороллор, хас биирдии норуокка, кини тылыгар, култууратыгар, итэҕэлигэр хас биирдиибит убаастабыллаахтык, харыстабыллаахтык сыһыаннаһабыт. Бүгүҥҥү быыстапкаҕа Аҕыйах ахсааннаах омуктар, холобур, эбээн, эбэнки тылларынан суруллубут айымньылара, тылдьыттара, кылгас тэттик кэпсээннэрэ, хоһоонноро, остуоруйалара турдулар.

Диктаны 7 киһи суруйда. Тиэкиһи эбээн тылын тарҕатааччы, библиотекарь Анна Никулина аахта. Мустубут дьон 1 чаас суруйдулар. Кыттааччыларга барыларыгар сертификат туттарыллыаҕа.

Бары кыттааччыларга махталбытын тиэрдэбит!