Депутатскайга Олоҥхо дьыктаана — 2024

Олоҥхо саха норуотун тылынан уус–уран айымньытын саамай үрдүк чыпчаала, үйэттэн үйэлэр тухары көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн испит дириҥ ис хоһоонноох айымньыта буолар.

Быйыл, Олоҥхо декадатын  чэрчитинэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай бибилэтиэкэтэ, СӨ АТ «Олоҥхо тыйаатыра», научнай – методическай уонна тас сибээскэ үлэҕэ Олоҥхо киинэ, М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу – Илиҥҥи федеральнай университета, Олоҥхо научнай –  чинчийэр института,  Хотугулуу – Илиҥҥи норуоттар тылларын уонна култуураларын института, Өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо Ассоциацията буоланнар, Өрөспүүбүлүкэтээҕи «ОЛОҤХО ДЬЫКТААНА – 2024» аахсыйатын биллэрбиттэрэ.

Аахсыйа сыала: сахалыы таба суруйуу үөрүйэҕин сайыннарыы уонна олоҥхо баай тылынан-өһүнэн билиини – көрүүнү кэҥэтии буолар.

Депутатскай бөһүөлэгин Киин библиотеката бу аахсыйаҕа кыттыһан туран, сэтинньи 28 күнүгэр, улахан дьоҥҥо анаан «ОЛОҤХО ДЬЫКТААНЫН» тэрийдэ. Бу сырыыга, олоҥхо дьыктаанын тиэкиһэ, П. А. Ойуунускай суруйбут “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхоттон быһа тардыы буолла.

Ол курдук, дьыктааҥҥа уопсайа 11 киһи кыттыыны ылла.  Дьыктаан түмүгүнэн, «Үчүгэй суруксут» ааты Эльза Антоновна Аммосова («Умка» оҕо саадын иитээччитэ) уонна Ольга Ивановна Абрамова (пенсионнай пуонда испэсэлииһэ) ыллылар, «Бастыҥ суруксут» Елена Ивановна Горохова («Умка» оҕо саадын иитээччитэ) уонна  «Бастыҥтан бастыҥ» бочуоттаах миэстэни  Яков Егорович Сивцев (ДШИ методиһа) ылары ситистилэр. Бары кыттыбыт дьоҥҥо туоһу суруктар туттарылыннылар.

Киин библиотека үлэһиттэрин аатыттан кыттыбыт дьоҥҥо махтанан, инникитин да бу курдук буолар тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кытта туруҥ диэн, ыҥырабыт!

Сахабыт тылын баайа олоҥхобутугар, олоҥхобут сүрэхпитигэр!