Бүгүн, сэтинньи 30 күнэ — Хомус күнэ

“Хомус аан дойду култууратын эйгэтигэр” 2011 сыллаахха, бэс ыйын 24 күнүгэр 7-с аан дойдутааҕы конгресс-фестиваль Дьокуускайга ыытыллыбыта. Онно саамай умнуллубат түгэнинэн 1344 хомусчут тэҥҥэ оонньоон, Гиннес рекордун олохтообуттара буолар. Конгресс отуттан тахса дойду хомусчутун, хомус муусукатын сэргээччилэри түмпүтэ. “Книга рекордов Гиннеса” киирбиттэрэ. Гиннес рекордун кинигэтин судьуйата Клэр Бергесс бу рекорду бигэргэппитэ. Бу тэрээһиҥҥэ 21 араас дойдуттан хомусчуттар кыттыбыттара. Бу тэрээһин кэмигэр СР президена Е.А. Борисов бэс ыйын 27 күнүнээҕи ыйааҕынан, сэтинньи 30 күнүн — Түмэл төрүттэммит күнүн- Хомус күнүнэн биллэрбитэ. Онтон ыла өрөспүүбүлүкэ дьоно сэргэтэ сылын ахсын Хомус күнүн бэлиэтиир. Хомус күнүн анаан туспа бэлиэтээһин, биһиэхэ, Сахабыт сиригэр бэйэбит норуот быһыытынан төрүт үгэстэрбитин, култуурабытын илдьэ сылдьарбытыгар көмөлөөх буоллун диэн тэриллибитэ.
Бу күн Депутатскай Киин библиотекатыгар «Саха хомуһа» диэн кинигэ быыстапката турда. Манна ааҕааччылар саха хомуһун туһунан элбэҕи билиэхтэрин сөп, ол курдук, хомус хаһан төрүттэммитин, хайдах, туохтан оҥоһулларын, оонньуур техникатын, маастардарын, хомусчуттарын туһунан кинигэлэр, брошюралар талыллан уурулуннулар.