«Үс саха төрүөҕэр
үөрүүлээх күнүгэр
мин ырыам ылланыа,
мин аатым ааттаныа»
П.А. Ойуунускай
Бу дьыл сэтинньи 11 күнүгэр П. А. Слепцов — Ойуунускай – саха биллиилээх общественнай деятелэ, бэлиитик, саха сэбиэскэй литературатын төрүттээччи, суруйааччы, бэйээт, тылбаасчыт, драматург, учуонай-лингвист 130 сааһын бэлиэтиибит.
Былатыан Ойуунускай сэтинньи 11 күнүгэр 1893 сыллаахха Таатта улууһун III Дьохсоҕон нэһилиэгэр дьадаҥы бааһынай дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. 14 саастааҕар оскуолаҕа киирбитэ, итиэннэ 1917 сыллаахха Дьокуускайдааҕы учууталлар сэминээрийэлэрин бүтэрбитэ. 1917-1918 сылларга Томскайдааҕы учууталлар үнстүүттэригэр үөрэммитэ.
Өрөбөлүүссүйэҕэ уонна литэрэтиирэҕэ үлэтэ 1917 сылтан саҕаламмыта. Максим Аммосовы кытта саха хара үлэһиттэрин Сойуустарын тэрийбиттэрэ. 1922 сыллаахха Саха АССР совнаркомун бэрэссэдээтэлинэн анаммыта. Салгыы ЦИК бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ. 1935 сыллаахха Төрүт омуктар үнүстүүттэригэр тыл билимин хандьыдаатыгар дэссэртээссийэни көмүскүүр. Тылы уонна култуураны чинчийэр үнүстүүтү тэрийэр уонна бастакы дириэктэринэн ананар.
Ойуунускай бастакы “Үлэһит ырыата” диэн хоһоонун 1917 сыллаахха суруйбута. 1919 сыллаахха “Син биир буолбаат?” диэн норуокка киэҥник биллибит хоһоону айбыта. Маны кини Максим Аммосовка анаабыта. Платон Ойуунускай айымньылара саха норуотун литэрэтиирэтин көмүс пуондатыгар киирбиттэрэ. “Дьулуруйар Ньургун Боотур” уонна “Туналыйбыт ньуурдаах Туйаарыма Куо” олоҥхолору хомуйан бэчээккэ бэлэмнээбит улахан өҥөлөөх. Атын омук айымньыларын сахалыы тылбаастаабыта. Норуокка улахан суруйааччы быһыытынан киэҥник биллэр. Саха биир бастакы сэһэнньитэ, хас да драманы суруйбута. Бэйэтин кэмигэр ордук өрөбөлүүссүйэҕэ сыһыаннаах хоһооннору суруйар бэйиэт быһыытынан биллэрэ-көстөрө.
1938 сыллаахха ССРС Үрдүкү Сэбиэтин бастакы сиэссийэтиттэн кэлэн иһэн, Иркутскай куоракка тутуллубута. Репрессиялаабыттара, кинигэлэрин боппуттара. 1939 сыллаахха, алтынньы 31 күнүгэр хаайыыга сытан өлбүтэ. Өлбүтэ 16 сыл буолбутун кэннэ, 1955 сыллаахха эрэ үтүө аата төннөрүллүбүтэ.
Бүгүн оройуоннааҕы киин библиотека ааҕар саалатыгар П. А. Ойуунускайга аналлаах « Саха норуотун улуу уола » кинигэ быыстапката турда. Манна Платон Алексеевич айымньыларын, научнай үлэлэрин уонна кини туһунан чугас дьонун ахтыыларын булан ааҕыаххытын сөп.
Туһаныллыбыт матырыйаал:
https://санаолох.рф/bygyn-uluu-ubajbyt-bylatyan-ojuunuskaj-tereebyte-130-syla/