“Бардым, хоту Дьааҥыбар”

Кулун тутар 30 күнүгэр Василий Иванович Барабанскай – Мэмээл сиэнэ төрөөбүтэ 90 сыла.

Кулун тутар 30 күнүгэр Усуйаана оройуонун суруйааччыта, Саха сирин суруйааччыларын союһун чилиэнэ, Саха Республикатын тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, үлэ ветерана, Усуйаана оройуонун биир чулуу табаһыта, поэт уонна очеркист Василий Иванович Барабанскай – Мэмээл сиэнэ төрөөбүтэ 90 сылыгар анаан Центральнай библиотекаҕа “Бардым, хоту Дьааҥыбар” диэн ааттаах тэттик информационнай кинигэ быыстапка оҥоһулунна.

Манна эһиги билсиэххитин сөп:  Василий Иванович Барабанскай олоҕун туһунан «Дьааҥы саһар5ата» хаһыат 2013 сыллаах бэс ыйын 7 күнүгэр тахсыбыт “Кининэн киэн туттабыт” диэн ааттаах Хайыр орто оскуолатын 7 кылаас үөрэнээччитэ Аксен Болтунов үлэтин. Уонна «Дьааҥы саһар5ата» хаһыат 2015 сылын муус устар 3 күнүгэр тахсыбыт “Киэн туттар киһибит аатын үйэтитэн” Ирина Бодруг ахтыытын.

Ону таһынан, кини айымньыларын уонна оло5ун туһунан кинигэлэри биһиги билиотекабытыттан булан ааҕыаххытын сөп:

  1. Омолой нэһилиэгин устуоруйата / [хомуйан оҥордуларӨ Г.А. Куличкин, А.Д. Шараборина] — Дьокуускай: 2012. – 124 с.
  2. Барабанскай В.И. Хомуһуннаах маамыкталар: Хоһооннор. – Дьокуускай: Бичик, 2005. – 160 с.
  3. Василий Барабанскай. Туундара тыына (поэма, хоһооннор). Редактор С.Г. Руфов.
  4. Туундара тойуга. (Улуу Кыайыы 60 сыллаах үбүйүөйүгэр анаан олохтоох автордар айымньыларын хомуурунньуга). Депутатскай б., «Дьааҥы саһарҕата» хаһыат редакциятыгар бэчээттэннэ, 2005 с.
  5. Слепцов, Николай Егорович. Дойдум дьоно : [Усуйаана улууһун дьонун-сэргэтин туһунан] / Чондон. – Дьокуускай : Сайдам, 2012. – 220 с.