«Балдача төрэми аяврам»

«Балдача төрэми аяврам»

Олунньу 28 күнүгэр Депутатскай киин библиотекатыгар «Балдача төрэми аяврам» («Төрөөбүт тылбын таптыыбын») литературнай биэчэр буолан ааста.

Бу киэһэ эбээн суруйааччыларын хоһоонноро, ырыалара ылланна. Ол курдук эбээн бастакы чинчийээчитин, суруйааччытын, филологическай наука кандидатын Василий Дмитриевич Лебедев  «Балданҥаву төрэму» хоһоонун Лях Ангелина Александровна аахта. Эбээн поэтын, прозаигын Анатолий Платонович Ламутскай «Эвэдич икэдип», «Би эвэн бэиҥэн» хоһооннорун Слепцова Наталья Архиповна, Никулина Анна Дмитриевна бэрт чаҕылхайдык аахтылар. Депутатскай оскуолатын алын кылаас учуутала Устинова Людмила  Тихоновна эбээн суруйааччытын, мелодисткатын, САССР үтүөлээх учууталын Евдокия Бокова «Одягалра мэн бугур» хоһоонун ааҕан иһитиннэрдэ уонна төрөөбүт дойдубутун таптыахха, сүгүрүйүөххэ диэн бэйэтин тылын эттэ. Маны таһынан, Усуйаана оройуонун биир талааннаах мелодиһын, толорооччутун, чаҕылхай чабырҕахсытын Иван Петрович Слепцов – Икэ «Нёлтэнкэ» ырыатын уонна поэт, суруйааччы, тылбаасчыт Христофор Суздалов хоһооннорун Депутатскай маҥнайгы кылааһын оҕолорун толорууларыгар иһиттибит (кыл.салайааччыта Устинова Л.Т.).

Биһиги биир дойдулаахпыт поэтесса Протопопова Татьяна Афанасьевна — Гулунэ «Төрэму аяврым» хоһоонун бэйэтэ ааҕан иһитиннэрдэ уонна төрөөбүт эбээн тылбытын эдэр ыччакка үөрэтэргэ, тарҕатарга диэн бэйэтин санаатын эттэ.

Литературнай ааҕыыны эбээннии тылынан иилээн-саҕалаан ыытта библиотекарь Кардашевская Матрёна Егоровна. Тэрээһини инсценировка, эбээннии музыка доһуола өссө киэргэттэ.

Көхтөөх кыттыыны ылбыт бары ыалдьыттарбытыгар махтанабыт. Кэлэр көлүөнэҕэ эһиги үтүө үгэскит холобур буолуохтун!