АНЕМПОДИСТ ИВАНОВИЧ СОФРОНОВ –АЛАМПА (14.11.1886—24.10.1935 сс.)

«…Мин тылбын билбэккит, мин саҥабын сатаабаккыт»

 

Саха литературатын төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ, талааннаах драматург, бэйиэт, публицист, эрэдээктэр Анемподист Иванович Софронов – Алампа Боотуруускай улууһугар (билиҥҥитэ Таатта улууһугар) 1886 сыллаахха сэтинньи 14 күнүгэр сэниэ ыалга күн сирин көрбүтэ. Ийэтэ эрдэ олохтон туораан, тулаайах улааппыта. Оҕо эрдэҕиттэн үөрэҕи ылынымтыа, дьоҕурдаах этэ. Түөрт кылаастаах таҥара дьиэтин оскуолатын иккис кылааһын бүтэрбитэ.

Алампа өрөбөлүүссүйэ иннинээҕи саха интэлигиэнсийэтин биир чаҕылхай бэрэстэбиитэлэ, барытыгар инники кирбиигэ, саҕалааччы быһыытынан сылдьара диэтэхпитинэ сыыспаппыт. Ол курдук, бастакы үлэтин 1907 сыллаахха “Якутский край” хаһыат типографиятыгар наборщигынан саҕалаабыта. Манна кини бастакы наборщик этэ. Мантан салгыы 1912-1913 сылларга “Саха саҥата” диэн бастакы сурунаалга үлэлээбитэ.

Алампа Саха тыйаатырыгар бастакы салайааччы этэ. Кини айымньылара “Дьадаҥы Дьаакып”, “Манчаары”, “Бүдүрүйбүт көммөт”, “Олох дьэбэрэтэ”, “Таптал” о.д.а. күн бүгүҥҥээҥҥэ диэри ааҕыллаллар, ити айымньыларынан испиктээкиллэргэ ханнык да кэмҥэ көрөөччү өрүү толору буолар. Онон Алампа саха театральнай искусствота, саха өй-санаа өттүнэн сайдыытыгар сүҥкэн суолталаах киһибит буолар. Алампа тылларыгар “Үрүҥ туллук эрэ мөлбөстүүр” диэн уостан түспэт хомоҕой тыллаах кэрэ ырыаны ыраас таптал гииминэн билинэллэр.

1921 сыллаахха Алампа “Манчаары” диэн бастакы сахалыы судаарыстыбаннай хаһыат эрэдээктэринэн үлэлээбитэ. Бу “Манчаары” хаһыат араас сылларга “Кыым”, “Саха сирэ” диэн ааттара уларыйдар да, уопсай биир утума тутуһуллан, күн бүгүн “Саха сирэ” хаһыат сүрүн сырдатааччы, информационнай өйөбүлү оҥорооччу хаһыаппыт буолан тиһигин быспакка үлэлиир.

Саха норуотун духуобунай лиидэрдэрбититтэн биирдэстэрэ Анемподист Иванович Софронов-Алампа 1935 сыллаахха алтынньы 24 күнүгэр күн сириттэн күрэммитэ.

Бүгүн оройуоннааҕы киин библиотека ааҕар саалатыгар Анемподист Иванович Софронов – Алампа төрөөбүтэ 137 сылыгар аналлаах кинигэ быыстапката турда.

 

Туһаныллыбыт матырыйаал: https://nammuzey.ru/?p=2691