АММОСОВ КОНСТАНТИН ХРИСТОФОРОВИЧ — тойуксут, олонхоһут, норуот эмчитэ.
«Аалыа-Бэргэн» олоҥхо ааптара
Олоҥхоһут эһэбит Константин Аммосов олоҕо
Былыр устар ууну сомоҕолуур уус тыллаах олоҥхоһуттар үс түүннээх күнү быһа көмүлүөк оһох иннигэр оллоонноон олорон олоҥхолууллара эбитэ үһү. Кинилэр суон сурахтарыгар, ыраах, чугас сытар алаастартан мустан «кулгаах, харах» буолан истэллэрэ. Туохха да бэриммэт бухатыырдар мүччүргэннээх сырыыларын тустарынан кэпсиир-ипсиир, ыллаан доллоһутар олоҥхоһуттар сырдык ааттарын уйэтитэр, үтүө үгэстэрин сөргүтэр улэлэрэ ыытылла тураллара кэрэхсэбиллээх.
Биһиги эһэбит Аммосов Константин Христофорович эдэриттэн төһөлөөх олоҥхону олоҥхолообута, хомойуох иһин биллибэт, сурукка киирбэтэх. Оччолорго үөрэхтээх да киһи баара биллибэт, арай кэлин улахан уола Прокопий 1953 с. сурукка тиһэн хаалларбыта баара, «Аалыа Бэргэн бухатыыр» диэн олоҥхотун.
Эһэбит Аммосов Константин Христофорович Верхоянскай улууһун Сартаҥ нэһилиэгэр 1889 с. төрөөбүтэ. Бииргэ төрөөбүттэрэ бэһиэлэр: 4 кыыс, кини соҕотох уол эбит. Икки эдьиийдээх, икки балыстаах эбит. Улахан эдьиийэ Матырыана Кэһээбит оҕонньор убайыгар Бөттөҥ диэн киһиэхэ кэргэн тахсыбыт, икки уол оҕолоох эбиттэр. Ол оҕолортон биирэ кэргэннэнэн баран оһолго түбэһэн өлбүт, иккис уола эмиэ өр сылдьыбатах, ыалдьан, күн сириттэн эрдэ күрэммит.
Иккис эдьиийэ Настааччыйа кэргэннээх, икки кыыс оҕолоох. Улахан кыыһа Отоннуур диэн киһиэхэ кэргэн тахсыбыт, түөрт кыыс оҕолоох эбит. Бу кыргыттартан биирдэстэрэ эмчит, отоһут. Кыра кыыһа кэргэнэ суох, биир оҕолооҕо үһү.
Балта Өлөөнө Булуҥ улууһугар Күһүүр диэн сиргэ кэргэн тахсан, кыыс, уол оҕолонон, онно олохсуйбуттар. Кэргэнин аата Томскай Николай (Куолуска) диэн. Уолларын аата Баһылай, хос аата Хаарчаан диэн эбит.
Эһэбит эдьиийэ Настааччыйа Дьааҥыга Адыаччы диэн сиргэ олорон өлбүт, биир эдьиийэ Матырыана Уйаандьыга кэлэн олорбут.
Эһэбит Константин манна Советскай былаас олохтонорун саҕана кэлбитэ үһү. Дьааҥыттан кэлэн Ньээньили диэн сиргэ сайылаабыттар. Сардаҥа учаастагар, ол аттыгар Ииҥкэ диэн сиргэ дьиэ туттан олорбуттар. Бастакы оҕолоро Дьэбдьиэй төрүүр, бу оҕолоро тыла суох, саҥарбат, истибэт эбит. Кини кэнниттэн икки оҕо төрөөн баран өлбүттэр. Онтон эбэбитигэр биир кырдьаҕас эмээхсин субэлээн, оҕо биһигэр бокуонньук оҕо таҥаһын уоттаппыт, онтон ыла оҕо турбута, — диэн эбэбит кэпсиирэ үһү.
Эдьиийбит Варвара уонна таайбыт Прокопий Сардаҥаҕа төрөөбүттэр.
1921 с. эһэбит Көстөкүүн доҕорунаан Дьөгүөрү кытта киһи олохсуйуох сирин көрдөөн, атынан айаннаан Ньээньилиттэн Киис үрэҕинэн айанныыллар. Онтон үрдүк тумуллаах сиргэ тиийэн, үөһэттэн көрдөххө, сыһыыта алыы буолан көстөр, кэрэ айылҕалаах сири таба тайанан, «манна киһи олохсуйуон сөптөөх сирэ эбит»,-диэн эһэбит быһаарбыт.
1922 с. дьоннорун кытта сүбэлэһэн баран, ол дьыл сааһыгар Буур-Хаайбыкка атынан кэлэн, эбэм Аана быраатын кытта, көлүйэ үрдүгэр балаҕан дьиэ туттубуттар. Ол балаҕан дьиэ билигин да турар.
Кэлэн сирдэрин оностубуттар: отун өртөөбүттэр, сыһыыларын ыраастаабыттар. Бултаах дойду буолан, мас кыылын өлөрөн, бултаан-алтаан олорбуттар, от ыйыгар от оттоон баран, дойдуларыгар төннүбүттэр.
Күһүн атырдьах ыйыгар тыынан устан, эмиэ төттөрү кэлэн, аны үрэх уҥуор кыһын кыстыыр дьиэлэрин тутталлар (балаҕан). Онтон эмиэ тыынан төннөн, Сардаҥа учаастагар кыстыыллар.
Саас атынан айаннаан кэлэн, күрүө, хотон туттан, от оттоон олохсуйардыы оностоллор. 1923 с. күһүн дьиэлэрин-уоттарын барытын бэлэмнээн баран, Сардаҥа учаастагар төннүбүттэр.
Кыһыныгар Иинкэҕэ кыстаан, сайылаан баран, күһүн 1924 с. алтынньы ыйга табанан айаннаан Рожин К.К. (эбэм быраата) кытта дьиэ кэргэттэрин көһөрөн, Буур-Хаайбыкка көһөн олохсуйбуттар. Сылгы-ынах сүөһүлэрин барытын сиэтэн-үүрэн, нэдиэлэннэн көһөн тиийбиттэр.
Буур-Хаайбыкка төрөөбүт бастакы оҕолоро биһиги ийэбит Мария буолар. Кини кэнниттэн биир оҕо төрөөн баран өлбүт, кэлин икки уолаттара Баһылай уонна Маркс төрөөбүттэр.
1925 с. биһиги аҕабыт дьонноро Слепцов Афанасий Афанасьевич көһөн, олохсуйа кэлбиттэр. Саас кэлэннэр эһэбэр дьукаах олорбуттар. Ол курдук 1927 с. Аммосов Н.Н. Сардаҥаттан, 4 оҕолоох көһөн кэлбиттэр. 1930 с. Аммосовтар, Гороховтар, Юмшановтар көһөн тиийбиттэр.
1932 с. Сарданаҕа саҥа оскуола аһыллыбыт сураҕын истэннэр Аммосовтар, Гороховтар көһөн бараллар. Кэлин атын дьон кэлэн олохсуйбатахтар.
Биһиги эһэбит Көстөкүүн маҥнай кэлэн олохсуйарыгар булгунньах анныгар буур таба кэлэн, күөл арыытыгар хааттаран турарын көрбүт, ол иһин бу сири буур аатынан Буур Хаайбыт диэн ааттаабыттар.
Эһэбит ааҕар-суруйар буолбута, эмиэ туспа кэпсээн, кылгастык суруйуохха, оччолорго (Советскай былаас тэриллэрин саҕана) улуустарынан кэрийэ сылдьан, үөрэхтээх дьон кэлэн, ааҕарга-суруйарга үөрэтэллэр эбит. Ол саҕана уһук хоту улуустары саха литературатын төрүттээччи Алексей Елисеевич Кулаковскай кэлэн үөрэтэн барбыта биллэр, киниэхэ биһиги эһэбит үөрэммит буолуон сөп.
Оччолорго эһэбит Көстөкүүн хас да сыл сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн талыллан үлэлээбит. Ол курдук, кэлин сылгыһытынан, булчутунан эмиэ улэлээбит. Эдэригэр айаны кыайар буолан, Булуҥ курдук ыраах сиртэн, Хаһааччыйаттан бородууктаны, бурдугу, чэйи, табаҕы, таҥаһы-сабы табанан тиэйэн, хас да хонугу быһа айаннаан, буурҕаттан-силлиэттэн иҥнибэккэ, дьонун аһынан-таҥаһынан хааччыйар эбит. Аны тимир, мас ууһа буолан, хас сайын аайы мас тыыны оҥорор, быһах охсон, дьоҥҥо-сэргэҕэ олус сөбүлэтэр, дьон махталын ылар эбит. Бэйэтэ тугу да гыммакка сатаан олорбот, наар улэлии-хамсыы сылдьар, бултуу тыаҕа таҕыстар эрэ, илии тутуура суох киирбэт, булчут чулуута, балыксыт бэрдэ эбит.
Эһэбит киэҥ-холку майгылаах, орто уҥуохтаах, модьу-таҕа көрүҥнээх, бэйэтин лаппа кыанар, араас дьээбэ-хообо тыллаах, былыргы саха сиэринэн олус ыалдьытымсах этэ.
Кини эбэбинээн бэрт иллээхтик — эйэлээхтик 45 сыл олорбуттар. Эбэбит атын дьахталларга тэҥнээтэххэ, дьикти сэмэй, сөҕүмэр сүрэхтээх, үлэһит барахсан эбит. Бу тыйыс айылҕалаах, тымныы дойдуга сүөһү ииттэн, оҕо төрөтөн, дьиэ — уот тэринэн саха ыалын быһыытынан этэҥҥэ олорон аастахтара.
Эһэбит айылҕаттан талааннаах кэпсээнньит, тойуксут, олоҥхоһут, чабырҕахсыт, ырыаһыт, алгысчыт, эмчит быһыытынан бар дьонугар биллибит. Ким эмэ ыалдьан көрдөстөҕүнэ, быһа гыммакка отунан-маһынан, Аан дойду иччитин алҕаан ыллаан — туойан, былыргылыы эттэххэ ойууннаан эмтиир идэлээх эбит.
Аны олоҥхолоотоҕуна, анал сиргэ атахтарын оллооннуу ууран баран, илиилэринэн тобук тардыстан таба тириитэ олбоххо олорон, олоҥхолуур идэлээх үһү. Олоҥхотун ырыатыгар олоҥхо дьоруойдарын саҥатын уларыта сылдьан ыллыыр, күөмэйэ аһаҕаһын, чуорун, кини олоҥхотун истибит дьон барыта дьиктиргиир, сөҕөр этэ, — диэн ийэбит кэпсиирэ.
Эһэбит «Аалыа бэргэн бухатыыр» диэн олоҥхотун, ис хоһоонун кылгастык суруйдахха маннык: олоҥхо чабырҕаҕар үөскээбит аҕыс күннүк сири аһарда үктүүр алыктаҕай дьоруо ала кулун аттаах Аалыа — Бэргэн диэн киһи хантан да үөскээбитэ биллибэккэ Орто дойдуга баар буолар. Олоҥхоҕо биир аҕыс субурҕан атахтаах, аҕыс күндүк сири аһарда үктүүр алыктаҕай дьоруо — ала биэ баар. Бу биэҕэ иҥэриллэн үөскээбит Аан — Дардаабый диэн киһи улаатан, Аалыа — Бэргэҥҥэ саамай истиҥ табаарыһа буолар.
Кинилэр иккиэн бииргэ сылдьан, үс улуу бухатыырдары кытта охсуһан кыайан баран, бэйэлэригэр көмө дьон буолалларыгар бигэ тылларын ылан өлөрбөккө ыыталлар.
Үрүҥ Дьөһөгөй диэн Үөһээ дойду үс улууһун бухатыыра. Күөн Нэдэйдээн диэн илин халлаан ыйсыытынан сэттэ нэһилиэгин бухатыыра буолар. Арсан Дуолай диэн Аллараа дойду аҕыс улууһун бухатыыра. Бу дьону саамай тиһэх охсуһууга күүс-көмө гыналлар. Олоҥхо Орто дойдутугар Үчүгэй Өлүөкүмэ диэн кыыс баар. Охсуһуу төрдө бу кыыһынан төрүөттэнэн сэһэргэнэн барар. Элбэх мэһэйи көрсөллөр. Олоҥхо ис хоһоонугар манна Дьэгэ — Бааба диэн эмиэ баар.
Олоҥхо саамай бүтүүтүгэр уотунан умайар Дьигисинэ Дьос Хоттообо диэн эмээхсин баар. Кини уола уотунан уһуурар Уот Уһутаакы диэн абааһы саамай төрүт бухатыыра. Кинини кытта охсуһан кыайаллар. Бу абааһы туох баар абын, муокаһын барытын кыайан, барытын суох оҥороллор. Олоҥхо ити курдук салҕанан барар.
Соҕотох уол эһэбиттэн кэнчээри ыччат тэнийэр.
Эһэбит Көстөкүүн 13 сиэнин көрөн-истэн барбыта. Билигин биэс оҕотуттан 27 сиэн, 80-тан тахса хос сиэн, 60-тан тахса хос — хос сиэн кини аатын ааттаталлар. Бу орто туруу дойдуга кэнчээри ыччаттарбыт үүнэ-сайда, элбии — ханыы турдунар диэн баҕа санаалаахпыт.
Киһи ийэтиттэн, аҕатыттан, төрүттэриттэн бэриһиннэрэр үтүө өрүтэ үгүс буолар. Ол үтүө хаачыстыбаны мөлтөппөккө, өссө күүһүрдэн, сайыннаран, чэбдигирдэн, ыччатыгар тириэрдэр иэстээх.
Удьуор утуммутун харыстыаҕыҥ, кэнэҕэски ыччаппытыгар холобур оҥорон салҕатыаҕын.
Сиэнэ Слепцова Пелагея Христофоровна, СӨ үөрэҕириитин, профессиональнай үөрэхтээһинин туйгуна, СӨ учууталлар учууталлара бэлиэ хаһаайына, РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, РФ бэтэрээнэ
11.05.2023 с.