Убаастабыллаах ааҕааччылар!
Киин библиотека фондатыгар саҥа кинигэлэр киирдилэр.
Татьяна Поскачина «Табыллыбыт/Табыллыбат таптал»
«Мэлдьи эн аттыгар буолуом…» Таптыыр сүрэхтэр силбэһэр ыралара итинник эбээт. Ол эрээри өрүкүйбүт иэйии иититтэн тахсыбатах эдэр дьон Дьылҕа Хаан кинилэргэ тугу ирээттээбитин хантан сэрэйиэхтэрэй?
Дьоллоох олохторун соҕотохто аймаабыт биир түүн…Эбэтэр сыл-хонук устата дьапталлыбыт хом санаа, курутуйуу, өһүргэс хааһаҕын тиһэҕэр тэһэ аспыт бүргэстии, тапталтан кэлэйии…
Дашалаах Сүнньүөх кылгас эрээри чаҕылхай, истиҥ тапталлара… Женялаах Рома кэлэйии кэннинэн чугуруппут, ол эрээри чымаан өй саҥалыы күөдьүппүт тапталлара…
Этиҥ эрэ, бу дуо, табыллыбыт таптал эбэтэр табыллыбатах таптал?
Сардаана «Күтүөккэ хомолто» (дьиҥ олохтон)
Олох киэҥ аартыгар саҥардыы үктэммит эдэр киһи тус дьылҕатын эрдэттэн өҥөйөн көрбөт. Иннигэр туох күүтэрин хантан билээхтиэй? Оттон ырыанан эрэ үйэтин моҥообут эмиэ суох. Ол иһин КИҺИ дьылҕата уонна олоҕо куруук сүрүн болҕомтону эрэйэр…
Татьяна Находкина «Ньоҕой эрэл»
Ааҕааччыга биллэр прозаик Татьяна Находкина саҥа кинигэтин дьоруойдара – тыллара-өстөрө, санаалара-оноолоро, быһыылара-туттуулара киһини итэҕэтэр, ааптар бэйэтин оҕо сааһыттан уонна субу бүгүҥҥү олохпутуттан түһэн кэлбит тыа сирин олохтоохторун тыыннаах мөссүөннэрэ.
Огдо «Эдьиий. Верховная шаманка трёх миров»
Сталкиваясь с параллельными мирами, первые шаманы не могли, как объяснить людям то, что сами видят. Но издавна они знали, что Вселенная состоит из множества миров, а главные из них — три: Верхний, Средний и Нижний. Это суждение имеет много общего с мировоззренческими системами других народов и религий.
В книге рассказывается о жизни и деятельности общепризнанной шаманки Якутии в современном мире Ф. И. Кобяковой-Эдьиий Доре. Прочитав данное издание, читатель поймет, что каждая субстанция на земле имеет своих духов: есть духи предков, духи стихий, духи местности. И только избранный шаман умеет повелевать и налаживать контакт с духами, не становясь при этом их орудием.
Васильева Л.Л. «Күннэй кистэлэҥ олоҕо»
Айылҕа барахсан оҥорботоҕо диэн суох… Ол биир дьикти көстүүтүнэн үөһэттэн үөттэриилээх, айылҕаттан айдарыылаах Күннэй Кардашевская буолар. Кинигэҕэ кини удаҕаҥҥа уһуйуллуу олуктарын хайдах ааспытын туһунан ийэтин сиһилии суруйуута, ону сэргэ эдэркээн кыысчаан абынан-хомуһунунан эмтиир кыаҕын билбит, дьүһүн кубулуйарын, куолаһын уларытарын, салгыҥҥа уйдарарын, о.д.а. илэ харахтарынан көрбүт, эт кулгаахтарынан истибит дьон ахтыылара таҥыллан киирдэ. Таһаарыы чараас эйгэ илэ-чахчы баарыгар, айылҕа күүһүгэр итэҕэтиэҕэ.
Кэлиҥ, сылдьыҥ саҥа кинигэтэ уларсан ааҕыҥ!